[{{mminutes}}:{{sseconds}}] X
Пользователь приглашает вас присоединиться к открытой игре игре с друзьями .
Эһэ арҕаҕар утуйбутум
(0)       Используют 3 человека

Комментарии

Ни одного комментария.
Написать тут
Описание:
Рассказ Сохина И. на якутском языке
Автор:
Велимира
Создан:
12 февраля 2022 в 16:40
Публичный:
Нет
Тип словаря:
Книга
Последовательные отрывки из загруженного файла.
Содержание:
13 отрывков, 5708 символов
1 Тохсунньу ый. Бултуу сылдьабын. Күнүс тииҥнээбит үрүйэбиттэн туораан, киэһэлик атын үрүйэни батыһабын. Балайда бултуйдум. Дьиэбэр төннөрбөр уолдьаста. Хараҥаран барда. Ый тахсыаҕа өссө да ыраах. Онон, отууламмыт сирбэр быһа холуйан, систэри бысталаан айанныырга сананным.
Кыһыҥҥы түүн тыа иһигэр бэйэтэ туспа кэрэлээх. Эргиччи көмнөҕү бүрүммүт куударалаах бэстэр уучуумпуга бигэнэн, нуктаабыттыы таҥнары барыһан тураллар.
2 Онон-манан тыал охторбут сыгынахтара быһаҕастарыгар диэри хаарга батыллан сыталлар. Тымныы хаптайбыт, тыал тохтообут курдук буолбут. Атаҕым анныгар хаар көҕөрүмтүйэ тунаарар.
Мин туут хайыһарбынан сулбуччу соҕус тэбэн инним хоту баран иһэбин. Күнү быһа атаҕым үрдүгэр сылдьан тоҥуу хаары тыыран, араас бэйэккэлээх мырааннары дабайан, аабылааннары ааһан, урусхаллары уҥуордаан, кэнникинэн сылайа быһыытыйдым.
3 Онон, кыратык да буоллар, сынньана түһэн тыын ыла түһээри, суон бэс төрдүгэр көхсүбүнэн өйөнөн олордум.
Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, томтор сир үрдүк чабырхайын ортотугар сытар сыгынах анныттан туох эрэ сылаас туман тахсар курдук. Мин бастаан: «Тыа ортотугар эмиэ туохпут буруотай?» – дии санаан ылбытым. Кэлин болҕойон көрбүтүм – эһэ арҕаҕа эбит.
Арҕах чугаһынааҕы мастар ортолоругар диэри кырыаран чоҥкуһан тураллар.
4 Сылаас туман хайаҕас оҕотунан сытыы харахтаах эрэ киһи бэлиэтии көрүөн курдук барбахтык сыыгыныыр. Мин утуктаабытым, сылайбытым бэрт буолан: «Хата, ити арҕахха киирэн утуйан хаалбыт киһи. Кырдьаҕас киһи киирбитин билбэт гына кытаанахтык утуйа сыттаҕа, уһуктуо суоҕа. Соторутааҕыта дьыл оройун саҕана уһуктан ытыһын саланан баран, нөҥүө өттүгэр эргиллэн кытаанахтык утуйа сыттаҕа», – дии санаатым. Ол кэннэ арҕахха киирэн утуйарга быһаарынным.
5 Хайыһарбын устуталаан, өскөтүн кырдьаҕас уһуктан миэхэ куһаҕаны оҥорорго сананнаҕына, түргэнник кэтэ охсорго табыгастаах буоллун диэн сыыр диэки хайыһыннардым, тайахтарбын туруору анньыталаан кэбистим. Ботуоҥкабын сүкпүтүнэн, саабын аҥар илиибэр туппутунан арҕах иһигэр тыаһа-ууһа суох дьылыс гынан хааллым.
Арҕахха хабыс-хараҥа. Хата, дьиэ иһигэр курдук ип-итии. Кырдьаҕаһым муннун тыаһа бап-барылас.
6 Сылайбытым бэрт буолан, нэһиилэ арҕах аанын бүөлүү анньан баран, муннугу булан, атахпын халаачыктыы тэбэн бараммын утуйан хааллым.
Арай уум быыһынан арҕахтаах хаһаайын саҥатын истэбин:
– Сахаар, тоҕо мин арҕахпар киирдиҥ? – диэн ыйытар.
– Кырдьаҕаас, дэлби сылайан, тоҥон-хатан, аччыктаан, кыратык да буоллар, нуктуу түһээри киирдим. Эйиигин кытары тыытыһар санаам суох, хата кырдьаҕаһым дурда-хахха буолуо диэн эрэнэ саныыбын.
7 Эйиигин мэһэйдиэм суоҕа, – мин холкубар түһэн хаалбыт этим.
– Сылайбыт буоллаххына, утуй, сынньан.
Түүн үөһүгэр диэри хайдах эрэ иэрэҥ-саараҥ соҕустук ол-бу түүлү түһээн утуйдум. Олус утатан, аччыктаан сытарбын, ол быыһыгар эһэ арҕаҕар баарбын өйдүүбүн уонна кырдьаҕаһым туох эмэ астааҕа буолаарай, булан сиэбит киһи диэн санаан аһарабын.
– Сахаар, аччыктаабыккын дуу? – диэн эһэм ыйытар. – Бу үлүгэрдээх тымныыга тоҥноҕуҥ, күнү быһа сылдьан аччыктаатаҕыҥ, сылайан иэдэйдэҕиҥ буолуо.
8 Мин эйиигин билэбин. Оҕо эрдэхпинэ миэхэ олус улахан үтүөлээх этиҥ. Булчут ыттартан быыһаабытыҥ, аһаппытыҥ, дьиэтитэ сатаабытыҥ. Ол төлөбүрүн билигин мин ытыспын эмп. Оччоҕо аччыктаабытыҥ ааһыа, утаҕыҥ ханыа.
Мин эһэм ытыһын салыы баран иһэн уһуктан кэллим. Арҕах иһигэр хабыс-хараҥа. Арай эһэлэр муннуларын тыаһа бап-барылас. Дьэ дьикти даҕаны түүлү түһээтим. Кырдьаҕас миэхэ көмөлөһүөн баҕаран, ытыһын салата сатыыра буолуо дуо?
9 Киһи да итэҕэйбэт. Уһуктан кэлэн айдааны тардаарай? Ол эрээри эһэни утуйа сытан киһи кини туһунан тугу саныырын билэр дииллэр ээ. Онон мин кинини тыытыһар санаам суоҕун сэрэйэн сыттаҕа. Олус кытаанахтык утуйа сытар быһыылаах. Ытыһын эмэн боруобалаан көрүөххэ баар.
Санаабыт санааны толорбокко хаалар сатаммат. Бэркэ сэрэнэн, уһуктан утарылаһар күннээх буоллаҕына, санаабар киирсэргэ бэлэм соҕус туттан, утуйа сытар эһэ аттыгар тиийдим.
10 Илиибинэн бигээн ытыһын булан бастаан сэрэнэн аргыый аҕайдык, онтон уламулам эр ылан иҥсэлзэхтик эмэн бардым. Минньигэһэ сүрдээх. Арыыта икки дьабадьыбынан сүүрэр, испин сып-сылааһынан угуттуур. Сотору тоттум даҕаны, утаҕым да ханна. Ону тэҥэ халтаһаларым силимнэһэн, утуктаан киирэн бардым. Бэрт нэһиилэ утуйбут муннукпар тиийэн, кыбыс-кытаанахтык утуйан хаалбыппын.
Төһө уһуннук сыппыппын билбэппин.
 

Связаться
Выделить
Выделите фрагменты страницы, относящиеся к вашему сообщению
Скрыть сведения
Скрыть всю личную информацию
Отмена